Лекарственные растения 4 класс

Подписи к слайдам:
Уулаах отон туһата Үлэни оҥордо: 5 кылаас үөрэнээччитэ Бубякина Сааскылаана Үлэни бэлэмнээтэ: история учуутала Семенова А.Н

Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолата

Үлэм төрүөтэ:
  • Биһиги айылҕабытыгар араас битэмииннэх отоннор үүнэллэр. Отоннор иҥэмтэлээх дьайыылара элбэх буолан доруобуйаҕа олус туһалаахтар.
Үлэм сыала:
  • Уулаах отонтон оҥоһуллубут утаҕы уонна атыыга баар суогу тэҥнээн көрүү
Үлэм соруктара:
  • Уулаах отон киһи дорубуйатыгар туһатын чинчийии;
  • Уулаах отоҥҥо ханнык битэмииннэр баалларын үөрэтии;
  • Уулааах отонтон оҥоһуллубут утахтары тэҥнээн көрүү;
Уулаах отоҥҥо маннык битэмииннэр бааллар :

«С» битэмиин

«Р» битэмиин

«В» битэмиин

«А» битэмиин

Битэмииннэр туһалара
  • “А” битэмиин – харахха туһалаах
  • “В1” – киһи организмыгар күүс эбэр
  • “В2” – киһи хаанын клеткаларын, нервнай системаны салайар.
  • “С” – тымныйыыттан харыстыыр
  • “Р” битэмиин – уҥуохха туһалаах
Уулаах отон
  • Саха сиригэр үүнэр отонноох үүнээйилэртэн биир бастыҥнара уулаах отон буолар. Бэс ыйыгар сибэккилэнэр, атырдьах, балаҕан ыйга аһа буһар. Сибэккитэ кыра да хаһыҥтан эмсэҕэлиир уонна кыайан өрүттүбэт. Онон сибэккилэнэр кэмигэр сылаас, хаһыҥ суох буоллаҕына отон хойутуук үүнэр. Эмтэнэргэ анаан сэбирдэҕин уонна отонун туһаналлар. Хомуллубут сиргэ иккистээн үс-түөрт сылынан эрэ эргиллиэххэ сөп. Саас эрдэ хаар ууллуута эбэтэр ыкса күһүн хомуйар ордук. Оччоҕуна түргэнник уонна үчүгэйдик куурар. Сорохтор өссө хараҥа сиргэ куурдар ордук диэн этэллэр. Хаппыт сэбирдэхтэртэн бөҕүн-сыыһын сирийэн көрөн ыраастаныллар. Отонун сибиэһэйдии эбэтэр тоҥорон хаһааныллар.
Отон сэбирдэҕин көөнньөрөн эбэтэр оргутан күүстээх ииктэтэр эмп быһыытынан туһаныллар. Ону таһынан куртах аһыытын көбүтэргэ, хаан баттааһынын намтатарга, тымныйыыга, ревматизмҥа, хойуу хаайтарыытыгар, хабах, бүөр ыарыыларыгар туттарга олус туһалаах.
  • Отон сэбирдэҕин көөнньөрөн эбэтэр оргутан күүстээх ииктэтэр эмп быһыытынан туһаныллар. Ону таһынан куртах аһыытын көбүтэргэ, хаан баттааһынын намтатарга, тымныйыыга, ревматизмҥа, хойуу хаайтарыытыгар, хабах, бүөр ыарыыларыгар туттарга олус туһалаах.
  • Отонун көөнньөрөн С уонна А витамин тиийбэтигэр, ыалдьан тоҥо-тоҥо тиритэр кэмҥэ туһаныахха сөп. Манна отонун сиэхтээҕэр, чэйгэ бырыанньатын кутан иһэр ордук туһалаах.
  • Түүн ииктэрин туппат оҕолору хатарыллыбыт сэбирдэҕин уонна отонун тэҥ кээмэйин ылан эмтиэххэ сөп. Икки улахан ньуоска булкааһы икки ыстакаан оргуйбутунан ууга кутан 15 мүнүүтэ мөлтөх уокка сылытыллар. Онтон сойутан баран сиидэлээн биир аҥарын күн устата, иккиһин киэһэ утуйуох иннинэ бэриллэр.
Уулаах отонтон оҥоһуллубут утахтар
  • Отонтон морс
  • Тоҥмут отону ууга кутан оргутан морс оҥоробут. Оргуйбутун кэннэ сахар кутабыт уонна сойутан баран иһэбит.
  • Отонунан барыанньа оҥорон баран оргуйбут ууга булкуйан эмиэ утах оҥостуохха сөп.

Маҕаһыыҥҥа атыыланар морс

Бу сок састаабыгар бааллар: брусничный сок, пюре брусники, сахар, лимонная кислота, натуральный ароматизатор «Брусника», уу.

Түмүк
  • Түмүктээн эттэххэ, уулаах отону эмтэнэргэ анаан сэбирдэҕин уонна отонун туһаналлар. Куртах аһыытын көбүтэргэ, хаан баттааһынын намтатарга, тымныйыыга, ревматизмҥа, хойуу хаайтарыытыгар, хабах, бүөр ыарыыларыгар туттарга олус туһалаах.
  • Киһи организмыгар олус наадалаах А,В,С,Р битэмииннэр бааллар.
  • Атыыланар отон утаҕар ароматизатордаах буолан бэйэ оҥорбут отонун утаҕынааҕар амтана атын буолар. Араас булкаһыктар үүнээйигэ баар битэмииннэри аччаталлар, ол иһин бэйэ оҥорбут утаҕа киһи доруобуйатыгар ордук туһалаах, сыаната да чэпчэки буолан тахсар.