Сценарии ко Дню Победы на якутском языке

Автор: Кобякова Ирина Гаврильевна
12 N-дээх “Кэскил” уһуйаан музыкальнай салайааччыта” Кэбээйи улууһа
“Сэрии туһунан икки музыкальнай айымньы”
улахан бөлөх оҕолоругар Кыайыы күнүгэр анаммыт музыкальнай дьарык
Сыала-соруга: төрөөбүт дойдуга тапталы иитии, армия саллааттарыгар
ытыктабылы иҥэрии. Дмитрий Шостакович “Седьмая симфония уонна
Давид Тухманов “День Победы” айымньылары билиһиннэрии. Музыка киһи
ис туругар сабыдыаллыыр диэн өйдөбүлү чиҥэтии.
Дарык хаамыыта: оҕолор залга киирэн олороллор.
Музыкальнай салайааччы (МР): Оҕолор, ыам ыйын 9 күнүгэр сыл ахсын
биһиги дойдубут биир бастыҥ улуу бырааһынньыгы бэлиэтиир. Ким
билэрий, ханнык бырааһынньыгый? Оҕолор эппиэттэрэ.
МР: Биһиги дойдубут кими кытта сэриилэспитэй? (эппиэттэр). Тоҕо сэрии
диэн куһаҕаный, мөкүнүй? (кэпсэтии) Оннук, оҕолор, сэриигэ элбэх киһи
өлөр-сүтэр, олох ыарыыр, дьон аччыктыыр, муҥатыйар, ыалдьар, ытыыр-
соҥуур, ону таһынан айылҕа эмиэ айгырыыр, кыыл-көтөр куттанар, бара-
кэлэр сирин булбат.
Эһиги музейга сылдьыбыккыт, сэрии ветераннарын хаартыскаларын,
мэтээллэрин-орденнарын көрбүккүт. Элбэх киинэ, хартыына көрбүккүт,
кэпсээннэри истибиккит. Ол туһунан кэпсээҥ эрэ. (оҕолор кэпсииллэр)
Бу дойдубут историятын саамай ыар, умнуллубат, Россия норуотун
көлөһүнүн, хараҕын уутун тохпут чаҕылхай кэрчигэ. Сэрии алдьархайын
умнубатыннар, сэрии диэн өлүү-сүтүү, куһаҕан быһыы диэн өйдөбүлү
хааллараары араас спектакллары туруорбуттара, документальнай киинэлэри
устубуттара. Сэрии туһунан художниктар элбэх хартыына уруһуйдаабыттара,
поэттар, суруйааччылар хоһоонноро, кэпсээннэрэ сэриигэ анаммыта, сэрии
туһунан элбэх киинэ уһуллубута. Онтон композитордар эмиэ сэрии
тематыгар аҕыйаҕа суох музыкальнай айымньылары суруйбуттара. Олортон
биирдэстэрэ Дмитрий Дмитриевич Шостакович. Бүгүн мин эһиэхэ
Шостакович “Седьмая симфония” айымньытын иһитиннэриэхпин баҕарабын.
Композитор Дмитрий Шостакович бу айымньыны сэрии буола турдаҕына
1941 сыллаахха суруйбута. Ленинград куораты фашистар төгүрүйэн
кэбиспиттэрэ блокадалаабыттара. Куоракка уот да, итии да суох буолар.
Олохтоохтор хантан да иһэр уу, ас, таҥас кэлбэккэ аччыктаан, тоҥон,
ыалдьан өлүтэлээн барбыттара. Саллааттар Ленинград куоратыгар
өстөөхтөрү киллэримээри геройдуу турууласпыттара, эт сэниэлэрэ эстэн
барбыта, санаалара саппаҕырбыта. Фашистар куорат олохтоохторо бары
өллөхтөрүнэ куораты ылабыт, кыайыы биһиэнэ буолар диэн эрэх-турах
санаммыттара.
Бу кэмҥэ Дмитрий Шостакович Ленинградтааҕы консерватория сарайыгар
“Седьмая симфония” айымньыны суруйар уонна театрга музыканнары
мунньан симофонияны бэлэмниир. Кини сэриилэһэр сэбэ музыка этэ. Биир
күн театрга кылгас кэмҥэ уот бэрдэрэн, театрга дьону мунньан бу
симфонияны толороллор. Радионан быһа холбоон театрга кыайан кэлбэтэх
дьоҥҥо иһитиннэллэр. Онуоха фашистар олохтоохтор билигин да
тыыннаахтарыттар, оннооҕор музыка истэллэриттэн олус абараллар,
сатараллар, санаалара түһэр, куораты ылар санаалара уостан барар. Бу
айымньы олус күүстээх, дьаныардаах, аптаах-алыптаах буолан, аччыктаабыт-
хоргуйбут дьон харахтара сырдаабыта, сүөм түспүт санааларын
бөҕөргөппүтэ, сэрииһит саллаттар сүргэлэрин көтөхпүтэ, элэйбит
сэниэлэригэр сэниэ киллэрбитэ, мөлтөөбүт күүстэригэр күүс эппитэ,
кыайыыга эрэл кыымын сахпыта. Бу блокада 872 күн, ол эбэтэр 3 сылы быһа
турбута.
Симфония диэн олус ыарахан айымньы. Биһиги киниттэн быһа тардыыны
истиэхпит (экраҥҥа музыка ис хоһоонунан слайд көстө турар).
Сайыҥҥы чуумпу сарсыарда, арай эмискэ барабаннай дробь ньиргиэрэ,
тыһыынчанан киһи хаамар тыаһа. Ити биһиги дойдубутугар немец
саллааттара, самолеттара, танкалара иннилэригэр турары урусхаллаабытынан
кимэн киирдилэр. Халлаан хараҥарда, барыта умайар уот, хара буруо, ыыс-
туман, киһи саллар музыката тыаһыыр. Композитор фашистар саба
түспүттэрин бу курдук көрдөрөр. (симфонияттан “Тема нашествия” быһа
тардыыны истии). Иһиттигит, хайдах курдук ынырыгы көрдөрөр музыканый!
Бу улаханын, кутталын, киһи куйахатын күүрдэр дьалхааннаах тыаһы-ууһу
музыка хайдах курдук сатабыллаахтык биэрэрий? Саллааттар, олохтоохтор
бу симфонияны истэн баран кыайыыга эрэнэн, саҥа күүс эбинэн, уһун – киэҥ
кыргыһыы кэнниттэн өстөөхтөрү өһөрбүттэрэ, киэр кыйдаабыттара.
Маны таһынан музыка сылааһы - сырдыгы, үрдүк үөрүүнү, муҥура суох
дьолу, ханнык да сэрии кыайбат Ийэ дойдубутунан киэн туттууну көрдөрөр
кыахтаах. Бу “День Победы” диэн Давид Тухманов суруйбут Россия
норуотун биир саамай бастыҥ, ытыктыыр, сөбүлээн ыллыыр ырыата буолар.
(“День Победы” ырыаны истии, сэһэргэһии. Оҕолор бу музыканан
марштаан тахсан бараллар).
“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат”
Улахан бөлөх оҕолоругар музыкальнай бырааһынньык сценарийа
Сыала-соруга: төрөөбүт дойдуга тапталы иитии, дойдуну-норуоту
көмүскээччилэр, армия туһунан өйдөбүлү чиҥэтии, саҥарар саҥаны
сайыннарыы
Туттар тэрил: ноутбук, проектор, экран, атрибуттар (араас өҥнөөх
платоктар, вещмешоктар, военнай форма)
Тэрээһиннэр: аҕа дойду сэриитин туһунан сэһэргэһиилэр, хартыыналары
көрүү, ырытыы. Д. Шостакович “Седьмая симфония” айымньытын, сэрии
тематыгар ырыалары истии. Хоһооннору үөрэтии. Атрибуттары, костюмнары
тигии, бэлэмнээһин. Олохтоох музейга сылдьыы.
Бырааһынньык хаамыыта
Д. Тухманов “День Победы” ырыатынан гимнастеркалаах оҕолор
марштаан киирэллэр, олоппосторго олороллор.
Иитээччи: ыам ыйын 9 күнэ- биһиги дойдубут Россия фашистскай
Германияны кытта сэриини кыайбыт күнэ. Бу кыайыыны дойдубут дьоно
бары уһансыбыттара – сэрииһит эр хоһуун солдаттар, хонууга, фабрикаларга,
заводтарга үлэлээбит кырдьаҕас оҕонньоттор, эмээхситтэр, дьахталлар,
оҕолор.
Экраҥҥа “Объявление войны” видео көстөр. Д. Шостакович “Седьмая
симфония” айымньы “Тема нашествия” тыаһыыр.
Иитээччи: 1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Германия фашистара биһиги
дойдубутугар сэриинэн саба түспүтэ. Киһи-аймах барыта дойдутун көмүскүү
туруммута. Биһиги күүстээх Армиябыт талабырдьыттары кытары геройдуу
охсуспута. Күн ахсын поеһынан сүүһүнэн солдаттары сэриигэ тиэйэн
илдьэллэрэ. Тыылга хаалбыт дьон саллааттарга, сүөһү-сылгы көрөн эт
бэлэмнээн, от оттоон, балыктаан-муҥхалаан, бурдук үүнэрэн ас бэлэмнээн,
ичигэс таҥас тигэн ыыталлара, заводтарга-фабрикаларга сэрии сэбин оҥорон
бэлэмнииллэрэ.
Экраҥҥа солдаттар, армия, сэрии сэбэ-сэбиргэлэ көстөр.
Иитээччи: оҕолор, байыаннай идэ олус элбэх. Пограничниктар
буолуоххутун баҕараҕыт дуо? (ыттаах пограничник экраҥҥа көстөр)
“Стой, кто идет!” оонньуу. Пограничник оҕо хараҕа шарфигынан
баайыллан (түүн), границаҕа турар. Муостаҕа уһун быа (граница) сытар.
“Өстөөхтөр”(1-3 оҕо) кыраныыссаны туорууллар, пограничник атах
тыаһын иһиттэҕинэ “Стой, кто идет!” диэхтээх.
Экраҥҥа “Дьахталлар сэриигэ” видеоролик көстөр
Иитээччи кэпсээнин салгыыр: сэриигэ эр дьону кытта тэҥҥэ дьахталлар
сылдьыбыттара, кинилэр араас үлэни толороллоро: радисткалар, летчиктар,
почтальоннар, прачкалар, снайпердар, санитаркалар, быраастар, сиэстэрэлэр.
Экраҥҥа М. Самсонов “Сестрица” хартыыната көстөр.
1 Оҕо: Ыллаа миэхэ, сиэстэрэм,
Ыйдаҥаҕа долгутан,
Саллар этиҥ, сааскы кэм
Сардаҥатын санатан...
2 оҕо: Ыллаа хайдах кыыс санаан,
Ыраах уолун күүппүтэй,
Хараҥа түүн быыһыттан
Хап-харанан көрбүтэй (В. Чиряев)
Аны билигин көрүөҕүҥ эрэ, биһиги кыргыттарбыт бааһырбыт саллаакка
хайдах көмөлөһөллөрүн!
“Бааһырбыт саллааты быыһаа” эстафета - оонньуу. Кыргыттар
икки хамаандаҕа арахсаллар, колоннаҕа тураллар. Зал биир өттүгэр
бааһырбыт саллаат колоннаны утары олоппоско олорор. Хамаанда
бэрилиннэҕинэ, кыргыттар сүүрэн тиийэн уол илиитин биинтэнэн
бэрэбээскэлииллэр уонна таҥаска сытыаран соһон аҕалаллар. Хайа
хамаанда урут кэлбит, ол кыайар. Бу оонньууну оҕо ахсааныттан көрөн
бааһырбыт саллаат ахсаанын эбиэххэ сөп, эбэтэр иккилии кыыска биир уол
буолуон сөп.
Иитээччи: өстөөҕү кытары күнүстэри-түүннэри туруулаһыы олус
ыарахан, сылаалаах этэ. Биһиги армиябыт араас кыаҕын барытын туһаммыта,
араас сэрии сэптэрин танкалары, массыыналары, самолеттары, бомбалары,
хараабыллары, уу аннынан сылдьар лодкалары, ракеталары заводтар
оҥорбуттара. Күүстээх охсуһуу, ытыалаһыы кэнниттэн сынньана таарыйа
ырыа ыллыыллара. Биир саамай сөбүлээн ыллыыр ырыалара “Катюша”
Экраҥҥа “Ракетнай установка”, “Отдых после боя” Ю. Непринцев
хартыыната көстөр.
Оҕо хоһооно:
Эн ньиргиэрдээх тилэҕиҥ тыаһаатар эрэ,-
Өстөөх күүһэ үрэллибитинэн барар,
Эн сууһарыылаах сутуругуҥ күөрэйдэр эрэ ,
Сор-муҥ хара күүһэ сууллубутунан барар.
Ырыа “Катюша” М. Блантер муз.
Иитээччи: сэрии кэмигэр музыканнар үгүстэрэ фроҥҥа барбыттара,
сорохтор военнай оркестрга, кэнсиэртиир бригадаларга сылдьыбыттара.
Артыыстар аһаҕас халлаан анныгар массыына сыарҕатыгар кэнсиэрт
көрдөрөллөрө. Солдаттар саамай сөбүлээн истэр ырыаһыттара Клавдия
Шульженко этэ. Кини “Синий платочек” диэн ырыата билигин уостан
түспэккэ ылланар киһи легендарнай ырыа. Бэл летчиктар самолеттарыгар
“За синий платочек!” диэн суруйаллара. Билигин “Синий платочек” ырыаны
Клавдия Шульженко толоруутугар истиэҕиҥ, уонна кыргыттар үҥкүүлэрин
сэргиэҕиҥ.
Үҥкүү “Синий платочек” (фонограмма из репертуара К. Шульженко)
Иитээччи: бу алдьархайдаах ыар кэмҥэ ким да туора турбакка оҕолуун-
улаханныын бары кыайыы туһугар охсуспуттара, үлэлээбиттэрэ. Ол курдук,
оскуола саастаах оҕолор заводтарга ийэлэрин-аҕаларын оннугар сэрии сэбин
оҥороллоро, бурдук үүннэрэр бааһыналарга, оттуур ходуһаҕа, сүөһү-ас
көрөн, бултаан-балыктаан кытаанах үлэни үлэлээбиттэрэ, элбэх
көлөһүннэрин тохпуттара. Сорох оҕолор партизаннар этэрээттэригэр
разведкаҕа сылдьаллара, аҕаларын батыһан уоттаах сэрии хонуутугар
кыргыспыттара. Маннык оҕолору “Сын полка” диэн ааттыыллара. Онтон
сорохтор госпиталларга сиэстэрэлэргэ, санитаркаларга көмөлөһөллөрө,
саллааттар сүргэлэрин көтөҕөн ырыа ыллыыллара, пляскалаан
ньиргитэллэрэ. Чэйиҥ эрэ уолаттар, “Калинкалаан” ньиргитиҥ!
Экраҥҥа “Деятельность детей во время ВОВ” видео көстөр.
Үҥкүү “Калинка” усс.нар.мел.)
Иитээччи: Кыайыы күнэ харах уулаах бырааһынньык. 5 сылы быһа
турбут алдьархайдаах сэрии мөлүйүөнүнэн дьон тыынын ылан барбыта,
олор истэригэр оҕолор, дьахталлар, эдэркээн уолаттар-кыргыттар, ийэлэр-
аҕалар, эбээлэр-эһээлэр. Дойду дьоно бука бары туруулаһан, ийэ дойдуларын
көмүскээн, бу эн, мин, кини - биһиги эйэлээх олоххо олорорбут туһугар
бэйэлэрин кэрэйбэккэ, геройдуу охсуһан бу кыайыыны аҕалбыттара. Биһиги
кинилэри куруук саныахтаахпыт, ахтыахтаахпыт, умнуо суохтаахпыт. Ким да
умнуллубат, туох да умнуллубат! Сэрии хоннуутуттан төннүбэтэх, биһиги
дьоллоох олохпут иһин олохторун биэрбит буойуттарбытыгар кэриэстэбил
мүнүүтэтэ биллэриллэр
Экраҥҥа мемориал “Могила неизвестного солдата”
Минута молчания
Иитээччи: Фашистскай Германия талабырдьыттарын, солдаттарын,
офицердарын киэр кыйдаан, дойдуга кэтэһиилээх күндү кыайыы күнэ үүнэр.
”Сэрии бүттэ!” диэн биллэрии араадьыйанан аан дойдуну барытын тилэрийэ
көтөр. Дьон бары “Ураа!” хаһыылаах билэр-билбэт дьоннорун кытта
сыллаһыы-куустуһуу, үөрүүлэриттэн уйадыйан ытаспыттара, ырыаны-
үҥкүүнү тоҕо тардыбыттара. Бу эбээт дьол диэн. Бу буолар улуу
бырааһынньыкпыт Кыайыы күнэ.
Оҕолор хоһоонноро:
Дойдубут илиҥҥи быыһыгар
Кыыдааннаах кыһыммыт баранна,
Чаҕылхай сааскы халлааныгар
Үөрүүлээх сурахпыт тарҕанна.
Аҕалла мөлүйүөн сүрэҕэр
Өр кэмҥэ кэтэспит күннэрин,
Хаан утахтаах өстөөх сиригэр
Тиһэх канонада ньиргиэрин.
Бу бүгүн кыһыл буойуннар
Берлин куораты ыллылар,
Рейхстаг үрдүгэр тахсаннар
Кыайыы Знамятын астылар.
Кытыастар Кыһыл Знамяттан
Аан дойду үөрүүнэн долгуйар,
Ол тахсар саҥа күн уотуттан,
Баттаммыт дьон-аймах уһуктар.
Сир киинэ Москва куоракка
Иитээччи: улуу Кыайыы күнүнэн! Күүтүүлээх күндү күнүнэн! Сут-
кураан сылларыгар, тыылга, дойдуларыгар хаалбыт дьон, өксэ дьахталлар,
оҕолор Улуу кыайыыны уһансыбыттара. Дьоллоох оҕо сааспыт туһугар
хорсуннук охсуспут сэрии, тыыл ветераннарыгар ис сүрэхтэн махтанан туран
ырыабытын аныыбыт
Ырыа “Кыайыы күнүнэн” М. Пермякова мел.
Ырыа “Уруй, айхал ветераннарга” С. Константинова мел.
“Салют” үҥкүү
Экраҥҥа “Сэрии ветераннара”, “Кыайыы парада” видео көстөр.
Оҕолор хоһоонноро
Бүгун биир киһилии сэриини утарабыт!
Оҕо барахсан көҥүллүк көччүйдүн,
Сибэкки барахсан силигилии үүннүн,
Күөрэгэй чыычаах уһуннук ыллаатын!
Сэрии суох буоллун!
Айхал, Улуу Кыайыы күнүгэр!
Кыайыыбыт салюта ньиргийэр,
Сибэкки букета халлааҥҥа
Айхаллаан ыһылла үрэллэр.
Уруйдан, тапталлаах Дойдубут!
Аатырда эн аатыҥ аар-саарга,
Бигэтик эрэнэр буоларбыт
Бу кэлбит саргылаах Кыайыыга.
Оҕолор “День Победы” музыканан марштаан залтан тахсан бараллар
Георгиевские стартар
Орто бөлөх оҕолоругар
Сыала: оскуола иннинээҕи саастаах оҕо туруоруммут сыалын ситиһэригэр,
эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларыгар, чөл
олоххо тардыһыытыгар эйгэ тэрийии
Оҕолор эрдэттэн икки хамаандаҕа арахсаллар (летчиктар, танкистар)
Ыытааччы : Үтүө күнүнэн! Сылын ахсын ыам ыйын 9 күнүгэр биһиги
дойдубут улуу Кыайыы бырааһынньыгын бэлиэтиир. Бу бырааһынньык хас
биирдиибит бырааһынньыга, эйэлээх олоххо олорорбут, дьоллоох оҕо саас
баар буоларын туһугар бары үөрэбит, “Ура!” хаһытыыбыт. (Ура!Ура!Ура!)
Кыайыы күнүгэр анаммыт Георгиевскай стартар диэн ааттаах спортивнай
күрэхпитин саҕалыыбыт!
Хамаандалар уочаратынан залга круг почета марштаан хаамаллар,
танкситар “Танкистарбыт” М. Пермякова, летчиктар “Летчик буолуом”
Чаҕыл Николаев репертуарыттан ырыалары ыллыы-ыллыы хаамаллар.
Танкистар зал уҥа өттүгэр, летчиктар зал хаҥас өттүгэр тохтоон
стройдаан тураллар. Ыытааччы судьялары билиһиннэрэр.
(ырыларыгар уонна марштарыгар судьялар 1-4 дылы балл туруораллар.
Балл кумааҕыга сурулла сылдьар. Хас күрэх ахсын судьялар баллаах
кумааҕыларын көрдөрөллөр)
1 күрэх. “Учебная тревога”
Свисток тыаһаатаҕына хамаанда кыттаачыта утары 10 метр тэйиччи турар
конуска сүүрэн тиийэн бэргэһэтин (бескорзырка, пилотка) кэтэр, автоматын
ылар уонна төттөрү сүүрэн кэлэн, аныгыскы сүүрээччини таарыйар, колонна
кэннигэр баран туруохтаахтар. Урут кэлбит хамаанда уонна кыттааччылар
бэргэһэлэрин сөпкө кэтэн турар буоллахтарына кыайыылаах буолаллар. 1-4
дылы балл турар.
2 күрэх. “Марш-бросок”
Уһун степ - скамейкаҕа умса сытан скамейка икки ойоҕоһуттан илиитинэн
тардынан скамейканы туоруур, змейканан (кеглинэн оҥоһуллар) сүүрэр, дуга
аннынан киирэр, биэтэккэ (конуска) тиийэн өрө ыстанан, ыйанан турар
чуорааны таарыйар, төннөн кэлэригэр сүүрэн кэлэр, иккис кыттааччыны
санныга таарыйар. Ити курдук кыттааччы барыта мэһэйдэри туорууллар.
Хайа хамаанда урут бүппүт кыайыылаах буолар. 1-4 дылы балл турар.
3 күрэх. Крепость
Барыларыгар биирдии араас өҥнөөх кубик бэриллэр. Биэтэккэ мольбертка
крепость образеһа сыһыарыллар. Кыттааччы сүүрэн тиийэн бэйэтин кубигын
уурар. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин кубигын кубиктар үрдүлэригэр ууран
иһэр (өҥнөрүн көрөр). Ити курдук хамаанда бэйэтин кириэппэһин тутар. 1-4
дылы балл турар
4 күрэх. “Снайперы”
Оҕолортон 4-5 м тэйиччи обруч (остров) сытар. Кыттааччылар биирдии-
биирдии кумахтаах мөһөөччүгү круг иһигэр быраҕыахтаахтар. Хамаанда хас
мөһөөччүгү киллэрбитинэн очко ааҕыллар.
5 күрэх. Бааһырбыт саллааты быыһаа.
Кыттааччылар иккилии буолан тураллар, 1.5х1.5 иэннээх таҥастаахтар
(покрывало). Сүүрэн тиийэн биэтэккэ олорор бааһырбыт саллааты
таҥастарын тэлгээн сытыараллар уонна соһон аҕалаллар. Бааһырбыты
туруораллар. Таҥастарын иккис сүүрэр параҕа туттараллар. Иккис пара баран
иккис бааһырбыты аҕалар. Ити курдук хайа хамаанда урут кэлбит
кыайыылаах.
Күрэх түмүктэнэр.
Судья түмүгү таһаарыар диэри оҕолор хоһоон ааҕаллар.
Судьялар грамота, приз туттараллар.