Конспект урока "Оонньуурдар мастарыскыайдара" 2 класс

Саха Республикатын үөрэҕин министерствота
Чурапчы улууһун муниципальнай казеннай үөрэх тэрилтэтэ
А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата
тема: Оонньуурдар мастарыскыайдара
кылаас: 2
учуутал: Максимова Прасковья Дмитрьевна
Хайахсыт, 2015 сыл.
Дьарык темата: «Оонньуурдар мастарыскыайдара».
Дьарык сыала: Саҥа дьыллааҕы оонньуурдар нөҥүө оҕо айар, оҥорон
таһаарар сатабылын сайыннарыы.
Соруктара: 1) үөрэтэр- дьүһүнү, матырыйаалы сөпкө арааран уонна
аттаран үлэлиирин ситиһии.
2) сайыннарар оҕо айар, тутан-хабан оҥорор дьоҕурун
сайыннарыы.
3) иитэр – бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох сыһыаны иитии;
Бэйэтин үлэтин сыаналанар уонна атын киһини кытта
сүбэлэһэн тэҥҥэ үлэлиири үөрэтии.
Оборудование: мультимедийнай оборудование, презентациялар,
шаблоннар, киэргэтэр маллар.
Дьарык хаамыыта:
1. Тэрээһин түгэн.
Үтүө күнүнэн, мин аатым Прасковья Дмитрьевна.Оҕолор, бүгүн
биһиэхэ үтүө күн үүннэ.Чэ эрэ бэйэ- бэйэбитигэр үчүгэй
настарыанньаны бэлэхтиэххэйин.Мин эһиэхэ мичээрдиибин, эһиги
миэхэ.Олорун уонна бэлэмнэнин. Бүгүн биһиги элбэҕи оҥоруохпут,
айыахпыт. Туттар тэриллэргит бааллар дуо?
2. Умсугутуу.(1 слайд)
- Оҕолоор, эһиги ханнык бырааһынньыгы саамай сөбүлүүгүт?
(Музыка тыаһыыр).
- Саҥа дьылы 18 үйэҕэ Россияҕа Петр I ыраахтааҕы бэлиэтииргэ
дьаһал таһаарбыт. Онно маннык бирикээстээбит: «Саҥа дьылынан
бэйэ-бэйэҕитин эҕэрдэлэһин, хас дьиэ аайы саҥа дьыллааҕы
симэхтэри бэстэн уонна харыйаттан оҥорун, түүн ортото бары
болуоссакка тахсан салютта ытыҥ». Онтон ыла бу бырааһынньык
сылын аайы бэлиэтэнэр буолла.
- Оҕолоор, саҥа дьыл киэргэлэ тугуй? (2 слайд).
3. Айар үлэ иэйиитигэр киллэрии.
- Бу икки харыйаны тэҥнээн көрүн. Туох уратылаахтарый?
- Симэммэтэх харыйаны киэргэтиэххитин баҕардыгыт?
- Тыаҕа үүнэн турар харыйаны туохтар киэргэтэллэрэ буолуой?
- Билигин биһиги кыыллар буоламмыт бу харыйаны киэргэтиэҕин.
(оҕолор атрибуттары кэтэллэр).
- Оҕолоор, көрүн эрэ, мин эһиэхэ аптаах хоруопка аҕаллым. Иһигэр
туох баара буолуой?
- Бу оонньуурдарынан харыйабытын киэргэтиэҕин. (маҥан шаблон
оонньуурдары хостуубун).
- Бу оонньуурдары хайдах киэргэтэбит, тупсарыахха сөбүй?
4. Айар, оҥорор үлэ.
- Бөлөҕүнэн үлэлиирбитигэр ханнык быраабылалары билэбитий?
- Кылгастык үлэбит былаанын оҥоруоҕун.
- Бары сүбэлэһэн үлэлиибит.
- (Бөлөҕүнэн үлэ ).(Оҥорбут оонньуурдарын харыйаҕа ыйыыллар).
- Оҕолоор, билигин оҥорбут оонньуурдаргытыгар баҕа санааҕытын
этэ-этэ харыйабытыгар ыйаан иһин.
- Харыйабытыгар туох тиийбэтий?(сулус)
- Бу икки сулуһу оҥоро охсобут. Сүбэлэһэбит. Икки хамаанда
сулуһун холбоон харыйабыт оройугар ыйыыбыт.
5. Түмүк.
- Төгүрүччү турабыт.
- Куобахчааннар, бүгүҥҥү дьарыктар тугу олус сөбүлээтигит?
- Эһэчээннэр, бүгүҥҥү дьарыктан туох саҥаны биллигит.
- Баһыыбаларын, манан биһиги бүгүҥҥү дьарыкпыт түмүктэнэр.
Көрсүөххэ диэри!